Подсмотрено
Дорооболорун! Квартира туһунан кэпсэтээри. Бэйэм 30 чугаһаабыт киһибин уонна квартирам суох. Ипотека ылыам этэ да соҕотохпун, базовайы эрэ биэрэллэр, ол быраһыана үрдүк баҕайы, олоҕум тухары төлүөххэ наада. Пока биир эрэ вариант көрө сылдьабын, вахта 5-6 сыл үлэлии барарым ду диэн, ону хаһан 5 сыл ааһыар диэри өссө үрдүүрэ буолуо😄 дьонмуттуттааҕар ыарахан олоххо олоробут быһылаах. Уопсайынан официально (легально) үлэлиир дьон нормально олороллор дуо? Көрдөхпө бары кредитынан, ипотеканан либо дьоно көмөлөһөллөр. Бизнесменнэр онтон нормально олороллор, но онно эмиэ улахан риск. Билбэтим өлбөҕө бэрт буолан аҕыйах вариант көрөрүм буолуо. Эһиги үллэстэргит буоллар хайдах удачно дьиэ ылбыккытын или рабочай схемалар бааллар дуу, кэпсиэххит дуо? #minsanaalarim2026
0
0
0